Войти в почту

Орто Халымаҕа пенсионнай пуонда Саха сиринээҕи салаата ыалдьыттаата

Орто Халыма улууһуттан ааспыт сылга 281 үлэлээбэт биэнсийэлээх босхо айанынан туһаммыт. Итиниэхэ 13,8 мөл. үп төлөммүт. Үөһэ эппит сыппарабыттан 208-һа — талон, 73-һэ — баран кэлбит кэннэ төннөрүллүбүт төлөбүр. Оттон бу сылга киирэн баран, номнуо 61 киһиэхэ айан төлөбүрэ оҥоһуллубут. Итинтэн 58 киһи талонунан туһаммыт, 3 киһи кэлэн баран төнүннэрбит. Маныаха номнуо 2,5 мөл үп төлөммүт. Бу туһунан Пенсионнай пуонда Саха сиринээҕи отделениетын салайааччы Георгий Степанов Орто Халымаҕа кэлэ сылдьан билиһиннэрдэ. Олохтоох дьонтон, биэнсийэлээхтэртэн ааспыт сылга курдук „Компьютеры баһылааһын“ куурустарын тэрийэллэригэр көрдөһүү киирдэ. Маныаха салайааччы олохтоох отдел үлэһиттэрэ миэстэтигэр туһааннаах тэрилтэлэри кытта кэпсэтэн, үөрэҕи ыыталларыгар эрэлин биллэрдэ. Аныгы үйэҕэ эдэриттэн-кырдьаҕаһыттан тутулуга суох бары билиилээх буолуохтаахпыт диэтэ. Маны таһынан, Саха сиринээҕи отделение салалтата Орто Халыматааҕы отделга 34 сыл үлэлээн кэлбит салайааччыны Татьяна Винокурованы бочуоттаах сынньалаҥҥа атаарда уонна саҥа салайааччыны билиһиннэрдэ. Ол курдук, Пенсионнай пуонда Орто Халыматааҕы отделын управляющайынан олохтоох каадыр, уон сыл эҥкилэ суох үлэлээбит үөрүйэхтээх салайааччы Т.В.Винокурова оскуолатыгар буспут-хаппыт Анна Попова ананна. Бу күн улуус дьаһалтатын, тэрилтэ салайааччыларын ааттарыттан Татьяна Васильевнаҕа үгүс махтал тыл этилиннэ. Онтон улуус баһылыга Евгений Слепцов дохсун ытыс тыаһыгар доҕуһуоллатан „Орто Халыма улууһун социальнай-экономическай сайдыытыгар кылаатын иһин“ бэлиэнэн наҕараадалаата. Татьяна Васильевна: „Бу кэмнэрбин мин чиэстээхтик үлэлээн кэллим дии саныыбын. Ону сыаналаан, биһиги эйгэбит бүтүн Сахабыт сиринээҕи салалтата бэйэтинэн кэлэн атааран эрэриттэн олус долгуйдум, үөрдүм. Маннык чиэс киһи эрэ аайы бэриллибэтэ буолуо дии саныыбын. Онон эдэрдэргэ үлэҕэ үрдүк эппиэтинэстээхтик уонна дьон махталын ылар курдук үлэлээҥ диэн сүбэ-саргы курдук этэбин. Ааспыты аҕыннахха, биһиги дойду араас түһүүлээх-тахсыылаах кэмнэрин аһарбыппыт. 90-с сыллардааҕы тосту уларытыы кэмигэр, кириисистэр саҕана нэһилиэнньэ социальнай өттүнэн хааччыллыыта тохтоон хаалбатын туһугар түүнү-күнүһү аахсыбакка үлэлээбиппит. Оччолорго аныгы курдук буолбатаҕа, барыта илиинэн суруллара, былыргы суотунан охсуллан араас ааҕыылар оҥоһуллаллара. Биир да биэнсийэлээх харчыга ыктарбатын туһугар кыһалларбыт. Ити курдук маныаха диэри эн-мин дэсиһэн, биир да киһиттэн хом тылы истибэккэ үлэлээн кэллибит. Түгэнинэн туһанан, бу күн кэлбит тэрилтэ салайааччыларыгар махталбын биллэрэбин. Кэлэр да өттүгэр саҥа салалтаны кытта өйдөһөн үлэлииргитигэр баҕарабын“, — диэтэ.

Орто Халымаҕа пенсионнай пуонда Саха сиринээҕи салаата ыалдьыттаата
© ЯСИА.RU