Орто Халыматааҕы социальнай салаа үлэһиттэрин десана Хатыҥнаахха үлэлээтэ
Кулун тутар 29 күнүгэр улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Светлана Третьякова салайааччылаах бөлөх Хатыҥнаах нэһилиэгэр баран үлэлээтэ. Тэрээһин улууска Доруобуйа декадатын саҕаланыытыгар ананна. Орто Халыма улууһугар муус устар 4-14 күннэригэр Доруобуйа декадата биллэриллэн турар. Манан сиэттэрэн, Хатыҥнаахха “Утверждение ЗОЖ и профилактики правонарушений” улуустааҕы тус сыаллаах бырагыраама чэрчитинэн биэдэмистибэлэр икки ардыларынааҕы хамыыһыйа үлэлээтэ. Хамыыһыйа бэрэссэдээтэлинэн С.А.Третьякова буолар. Кини бастакы уочарат оскуола оҕолорун кытта көрсүстэ уонна чөл олох тиэмэтигэр ааспыт сылга тахсыбыт “Будьте здоровы!” диэн кинигэни билиһиннэрдэ. Бу кинигэ үөһээ суруллубут чөл олоххо туһааннаах улуустааҕы бырагыраама нөҥүө үбүлэнэн, 100 ахсаанынан Дьокуускайга бэчээттэнэн кэлбитэ. Маныаха 61753 солк. туһаныллыбыта. Манна араас кэмнэргэ научнай-практическай конференцияларга чөл олоххо туһаайыллыбыт улуус үөрэнээччилэрин үлэлэрэ киллэриллибиттэр. Светлана Алексеевна оҕолорго чөл олох диэн аҥардас табахтан, арыгыттан эрэ аккаастаныы буолбатаҕын, күннээҕи режими тутуһуу, иҥэмтиэлээх аска көһүү эмиэ киирсэрин, компьютерынан аһары үлүһүйэр сатамматын быһааран биэрдэ. Оттон хамыыһыйа чилиэнэ М.И.Аргунова оҕолорго психологическай тренинг оҥордо, илии-илииттэн тутуһуннаран, төгүрүктүү туруоран баран бэйэ үтүө хаачысытабаларын этиттэрэн, күннэрин үчүгэй эниэргийэнэн сэрээттээтэ. Налоговай инспектор В.М.Докторов биирдиилээн дьону кытта көрүстэ. Чуолаан үс сылтан бэттэх хамсыыр уонна хамсаабат баайы-дуолу атыылаабыт дьон декларацияны толоруохтаахтарын, ону билбэккэ сылдьар дьон ыстараапка түһэриллэллэрин быһааран биэрдэ. Миэстэтигэр тиийэн туһааннаах докумуоннары толорорго көмөлөстө. Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун киинин дириэктэрэ Г.Е.Михайлова уонна специалист М.А.Бандерова нэһилиэк үлэтэ суох олохтоохторун кытта көрсөн үлэлэрин сиһилии билиһиннэрдилэр уонна өҥөлөрүн хайысхатынан анал анкета толортордулар. Маннык миэстэтигэр тиийэн нэһилиэнньэ үлэтэ суох араҥатын кытта сирэй көрсүһүү хаһан баҕарар туһалааҕа өйдөнөр. Үлэтэ суох киһи кииҥҥэ киирэр кыаҕа да суох буолааччы. Онон бу көрсүһүүттэн кинилэр бэйэлэригэр туһалааҕы билбиттэрэ чуолкай. Маны таһынан киин үлэһиттэрэ оскуола улахан кылаастарын үөрэнээччилэрин кытта көрсөн идэни сөпкө талыыга сырдатар-иһитиннэрэр үлэни ыыттылар. Кинилэр баҕаларын истэн ханнык идэ чопчу кинилэргэ барсыан сөбүн быһааран, ыйан-кэрдэн, сүбэ-ама биэрдилэр. Улууска иккис сылын Үлэ сыһыанын сокуонунан олохтуурга уонна хамнаһы сөпкө биэриини хонтуруоллуур межведомственнай хамыыһыйа үлэлиир. Ааспыт сылга хамнаһы кэмбиэргэ биэрии — түбэлтэтэ арыллыбыта. Хамыыһыйа былырыын Берёзовкаҕа уонна Налимскайга баран үлэлээбитэ, онно олорор индивидуальнай предпринимателлэри бэрэбиэркэлээбитэ. Оттон быйыл Хатыҥнаахха тахсан үлэлээтэ. Манна 9 предприниматель баара биллэр. Ол эрээри көрсүһүүгэ 2 эрэ киһи кэлэн барда. Кинилэргэ хамыыһыйа өттүттэн туох даҕаны сэрэтии бэриллибэтэ, төттөрүтүн, инникитин докумуону сөбүгэр толорон биэриигэ, араас өҥөнөн туһаныыга сүбэ оҥоһулунна. Үөрэх управлениетыттан иитэр үлэҕэ специалист Л.А.Оконешникова психологическай доруобуйа ыйынньыгын чэрчитинэн үөрэх тэрилтэлэрин, ол эбэтэр оскуоланы уонна оҕо саадын бэрэбиэркэлээтэ. Итини таһынан кини скандинавскай хаамыынан утумнаахтык дьарыктанарынан, улууска спорт бу көрүҥүн пропагандалыыр. Онон кини Хатыҥнаах олохтоохторун түмэ тардан, маастар-кылаас көрдөрдө. Аан маҥнай “Алгыс” култуурунай кииҥҥэ слайданан хаамыы диэн тугун көрдөрөн сиһилии кэпсээтэ, онтон кэлбит дьону туруоран хаамыы иннинээҕи эрчиллиилэри оҥортордо. Ол кэнниттэн номнуо бары таһырдьа тахсан хааман көрдүлэр. Ыччат отделын специалиһа В.И.Слепцова нэһилиэк эдэр дьонун кытта көрсүстэ, долгутар ыйытыыларыгар хоруй биэрдэ. Оттон Дьиэ кэргэҥҥэ уонна оҕоҕо көмө киинин специалиһа О.Н.Еменджи бэйэтин үлэтинэн оскуола социальнай педагогун кытта учуокка турар дьиэ кэргэҥҥэ сырыттылар, төрөппүттэри кытта бэсиэдэ ыыттылар. 1 из 6 Бөлөххө Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун киинин дириэктэрэ Галина Егоровна Михайлова, киин специалиһа Матрёна Александровна Бандерова, Дьиэ кэргэҥҥэ уонна оҕоҕо социальнай көмө киинин специалиһа Оксана Николаевна Еменджи, улуустааҕы Ыччат дьыалаларыгар уонна дьиэ кэргэн бэлиитикэтигэр отдел специалиһа Варвара Ивановна Слепцова, Үөрэх управлениетын иитэр үлэҕэ специалиһа Любовь Алексеевна Оконешникова, Налоговай инспекция кылаабынай судаарыстыбаннай инспектора Виктор Михайлович Докторов, улуустааҕы Сокуоннай саастарын туола илик оҕолор дьыалаларыгар хамыыһыйа эппиэттиир сэкирэтээрэ Марина Ивановна Аргунова сырыттылар.